С праздником Покрова святой Богородицы

Хараҥа күннэтэ халыйар
Халлааҥҥа сулуһу элбэтэр,
Хаһыҥнаах түүннэри үксэтэр
Хаарыйыах тымныынан дьааһыйар.
Хатыҥ маспыт кылбайар
Хаарыан кэрэтин дьэ мэлдьэһэр,
Халыҥ тыабыт халтаҥныыр
Хаардаах кыһыны кэтэһэр.
Хара тураахтар хаһыытаһа
Хараҕым далыттан сүппүттэр,
Халлааммыт ньуурун ахтылҕана
Хаастар халыкыныы ааспыттар.
Хабыр ол тымныылар тыыннарын,
Хаҕыс тыал арҕааттан аргыйбыт,
Хайаан даҕаны хаар хаайыаҕын
Хаар хаһыҥ кырыата санаппыт.
Хам ылыах тоҥоруу мууһурбут
Хаарыан күөх кырыһы үлүппүт,
Хардарыйар анал ааҥнаабыт
Халтаҥныыр кэминэн күөттээбит.
Хайыахпытый, халыҥнык таҥнабыт
Хаһаас кыбыыга тирэнэбит,
Хайдахтаах даҕаны кыһыны
Хаһыйыах сүрэххэ эрэнэбит.
Халбарытыа харыбыт хаары
Харахтары үөрдүө үтүө кэм,
Халаан уута эмиэ халыйыа
Харалдьыт ньургуһуна тыллыа.
Хайаан даҕаны үүнүөхпүт
Хабараан тымныыны кыайыахпыт,
Хайдах даҕаны тыллыахпыт
Хампа күөҕү биһиги көрүөхпүт!

Хоһуунай.Амма.

Оставьте комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *